- 03.09.2025
- 62
- нет
Балаҕан ыйын 3 күнэ – Бойобуой Албан Аат күнэ
Бүгүн, балаҕан ыйын 3 күнэ – Арассыыйа Бойобуой Албан аатын, милитаристыы Японияны Кыайыы, Аан дойду иккис сэриитин бүппүт күнэ.
Киһи-аймах историятыгар саамай үгүс сүтүктээх-алдьатыылаах 2-с Аан дойду сэриитэ түмүктэнэн, фашистскай Германия хос моонньоҕо империалистическай Япония сэриигэ хотторбутун билинэн капитуляциялаабыт күнэ. Германияны урусхаллааһыҥҥа сүрүн оруолламмыт модун күүстээх Сэбиэскэй Сойуус бэйэтин союзниктарын иннигэр ылыммыт эбээһинэһин толорон, Японияны утары сэриигэ киирэн бэрт кылгас кэм иһигэр 1 мөл. тахса киһилээх Квантунскай аармыйаны урусхаллаабыта кыайыыны лаппа түргэтэппитэ, Ийэ сиргэ кэтэһиилээх или-эйэни аҕалбыта.
Ол түмүгэр Япония сэриитигэр кыайыынан Амыарыка «Миссури» линкоругар капитуляцияҕа илии баттаммыта.
Бу бэлиэ күнүнэн сибээстээн Япония сэриитигэр кыттыбыт албан ааттаах буойуттарбытын ахтан, санаан ааһабыт!
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко